2026- Үрүҥ Айыы Тойон сыла✨✨✨
💖 *Алгыс* 💖 Үүнэр сылга, үөрүү үктэллээх үктэнэн эрэбит. 🥰 Бу сыллар тухары эн-мин дэhиспит, Үтүө дьоннорбор , доҕотторбор, үөлээннээхтэрбэр, аймахтарбар , оҕолорбор эҕэрдэ бастыҥын анаатаҕым буоллун! 🥰 Үүнэр сылга санааҕыт хоту, олоххут табыллан иhиэхтин! Үп-харчы үгүрүтүк кэлиэхтин, 🥰 Доруобуйаҕыт тубустар, тупсан иhиэхтин! 🥰 Чугас дьоҥҥут үөрүүтүнэн, дьолгутун өссө толорон биэриҥ! 🥰 Оҕолоргут, сиэннэргит ситиhиилэринэн, силиккит ситэн иhиэхтин! 🥰 Олохсуйбут, олохсуйан эрэр ыарыыларгытын, чыычаах ыллаабат, күн көрбөт сиригэр, үтүрүйдэхпит буоллун!!! 🥰 Күн-түүн тупсуу, киэркэйии үксүү турдун! 🥰 Көхсүн кэниэхтин! Хараҕын сырдыахтын! 🥰 Хом санаа хоммотун! 🥰 Эн биhиги өрүү үөрүү өрөгөйүн тута сылдьыах! 🥰 Хас биирдии дьиэҕэ чөл олох олохсуйуохтун! 🥰 Хас биирдии дьиэҕэ дьоллоох оҕо саас олоруохтун! 🥰 Үүнэр сылга алгыспын анаатаҕым буоллун ! 🎄🤶🧑🎄🎅
