Үтүө сарсыарданан!
*Күннээ5и Гороскоп.* 💫 🌎 *Ыам ыйын 3 күнэ.* Хой ♈️ Олус айманыма, эн туруккун элбэх дьон билэрэ наадата суох Оҕус ♉️ Баҕа санааҕын ситиэн ыраах, ону ситиһэргэ элбэх сыраны көрсүөн Игирэлэр ♊️ Туох барыта төттөрү төннөр - үтүө үтүөнэн, мөкү мөкүнэн Рак ♋️ Ахтар-саныыр киһигэр билинэр ордук, искэр тута сылдьыма Хахай ♌️ Хас да төгүл этэллэрин өйдөөн истибэккин, бэйэн эйгэҕэр сылдьаҕын Кыыс ♍️ Эн уйулҕаҕын аймыылларын баҕарбаккын, ол туһугар тугу баҕар гыныаххын сөп Ыйааһын ♎️ Дьиэ үлэтэ бөҕөтө мунньуллубут, арыый хомуна түһэр мэһэйдиэ суоҕа Скорпион♏️ Эйигин таптыыр олус судургу, эн тапталгын ситиһэр уустук Охчут ♐️ Хас биирдии киһи алҕаһыыр кэмнээх, ону өйдүөх тустааххын Чубуку ♑️ Эйигин холобур оҥостоллор, эйигиттэн санаалара көтөҕүллэр Күрүлгэн ♒️ Эн олоххор сүрүн миэстэни ылар дьону кытары көрсүһэр түгэн үөскүө Балыктар ♓️ Өр кэмҥэ тууйулла-хаайылла сылдьыбыт санааҕын аһаҕастык эт
