KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө күнүнэн 🙌

💫Муус устар 22 күнэ ♈️Хой Сулустар эн диэки хайыспыттар – онон табыллыы, ситиһии аргыстаныаҥ. Кэлиҥҥи кэмҥэ аала сылдьар араас кыра кыһалҕаны кэбэҕэстик быһаарыаҥ. ♉️Оҕус Бүгүҥҥү күнүҥ күргүөмүнэн үлэҕэ табыгастаах. Ол иһин үлэҥ сороҕун биир санаалаахтаргар үллэрэн кэбис. Үөрэнэргэ, саҥаны билэргэ тоҕоостоох кэм. ♊️Игирэлэр Иэйии киирэн, элбэх былааннаабыт дьыалаҕын үмүрүтүөҥ. Сүрүнэ – барытын соҕотоҕун саба тута сатаама, көмөлөһөр этии киирдэҕинэ туһана сатаа. ♋️Рак Хас хардыыҥ аайы тохтото, атахтыы сатыыр дьон көстүөхтэрэ. Онон түргэнник да оҥоһуллуохха элбэх бириэмэҕин барыаҥ. Ыһыллаҕас буоллаххына, кыра жрээри кыһыылаах алҕастары оҥоруоххун сөп. Төһө кыалларынан болҕомтоҕун түмэ сатаа. ♌️Хахай Сарсыардаҕын халтайга ыытыма, суһал уонна уталытыллыбат соруктаргын быһаар. Ситиһии эн диэки баарын умнума. Айылҕаттан анаммыт талааныҥ алтыһар дьоҥҥун сөхтөрүө. ♍️Кыыс Эмоцияларын уларыйымтыа кэмнэрэ. Чугас дьонуҥ тустарыгар күүскэ долгуйуоҥ. Сыыһа-халты туттууттан төлөбүрэ улахан буолуоҕун өйдөө. ♎️Ыйааһын Күнүҥ бастакы аҥаара дьыалабыай көххө уонна кэпсэтиигэ барсар. Киэһэлик олох атын хайысханы тутуһар ордук: дьиэ-уот эйгэтин тупсар. Өссө бүгүн мээнэ билээҕимсийэр дьонтон дьиксинэр түгэн үөскүө. ♏️Скорпион Элбэҕи оҥоруоҥ, кыайыылаах тахсыаҥ. Ханныктаах да соругу быһаарар кыахтаммыккын, онуоха дьон көмөтүгэр даҕаны наадыйыаҥ суоҕа. ♐️Охчут Дьылҕаҥ элбэх кыаҕы тосхойуо. Ону барытын биирдэ туттан кэбиһимэ. Сөбүгэр көрөн дьаһаннаххына, оргууй аҕай элбэҕи быһаарыаҥ. ♑️Чубуку Элбэх үлэни толорон бэйэҥ дуоһуйуоҥ, астыныаҥ. Доруобуйаҕын тупсарар туһугар үлэлэс. ♒️Күрүлгэн Бүгүҥҥү күнүҥ баҕарбытыҥ курдук уу нуурал буолуо суоҕа. Айар-тутар дьарыгыҥ настырыанньаҕын көтөҕүө. ♓️Балыктар Уустук дьыалаҕын бастаан оҥорор гына былааннан, ол былааҥҥыттан туораама. Санааҕын түмэн үтүө түмүгү ылар туһугар кыһалын. Эн сүбэҥ ыктарбыт киһиэхэ улахан көмө буолуоҕа. ✅ @uamurusahargata @ulusmedia