KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө күнүнэн 🙌

Күннээҕи гороскоп 💫🌎 *Муус устар 9 күнэ* Хой ♈️ Ханна эрэ сынньана аралдьыйа барыаххын наада, биир сиргэ олорон чуҥкуйаары гыммыккын Оҕус ♉️ Эйигин бүгүн сымыйалыы сатыахтара, болҕомтолоох буоларын ирдэнэр, албыны кытта аргыстаһар дьону аттыгар тутума Игирэлэр ♊️ Харчы кэлэрэ күүтүллэр, тоҕо эрэ ытыс олуһун диэн кыһыйар. Дьиэлээхтэргин кытары кыра өйдөспөт түгэн тахсыан сөп Рак ♋️ Бүгүҥҥү күн эйигин тапталынан, чаҕылхай түгэннэринэн, харчынан күндүлүө, сэрэнээр мэйиин эргийэн хаалыа Хахай ♌️ Бүгүн өр да күүппүт түгэнин үүнүө, үөрүү тосхойуо Кыыс ♍️ Дьон эйиэхэ хайдах сыһыаннаһарый да, эн эмиэ кинилэргэ ол оннук сыһыаннарын ордук буолуо Ыйааһын ♎️ Өйүн-санаан барыта биир киһи туһунан. Доруобуйаҕар болҕомто уурарын туһааннаах Скорпион ♏️ Дьоҥҥо мээнэ итэҕэйимэ, албыҥҥа уган биэриэхтэрин сөп Охчут ♐️ Дьон эйигин кэлэтэриттэн бэйэн наһаа сылайаҕын. Итинниккэ аахайбат буоллаххына олоҕун чэгиэн буолуо Чубуку ♑️ Күн аайы барыта биир, киһи эрэ сылайар. Олоххор саҥа сүүрээн наада - ханна эрэ сылдьан аралдьый, дьиэҕэр тугу эмит уларыт Күрүлгэн ♒️ Эйиэхэ чугас киһин өйөбүлэ олуһун диэн тиийбэт. Ол онтон дууһан ытыыр, хомойор Балыктар ♓️ Балыктар сүрэҕин уулларарга дьиҥ-кырдьык буолуохха наада