KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө күнүнэн 🙌

✨Күннээҕи гороскоп *💫Олунньу 8 күнэ* ♈️Хой Хой бэлиэлээхтэр бүгүн онно-манна киирэн биэрбэт туһуттан, кэпсэтиигэ сэрэхтээх буолуҥ. Бэйэҕитигэр наһаа элбэҕи ылынымаҥ, кыаныаххыт суоҕа. Барытын тулуйуҥ, барытын аһарыаххыт. ♉️Оҕус Оҕус бэлиэлээхтэр сыаналааҕы атыылаһаҥҥыт харчыгытыгар хоромньуланыаххытын сөп. Истиҥ сыһыаҥҥа, холоонноох доҕоргутун сыыһа-халты саҥаран хомотумаҥ. ♊️Игирэлэр Игирэ бэлиэлээхтэр чопчуну ирдиир уустук сорукка ылсымаҥ. Бэйэҕитигэр болҕомтото ууруҥ: сылайбыккыт, күүс-уох, сэниэ эстибит. ♋️Араак Бүгүҥҥү күҥҥэ эһигини күүтэр – күлүү-салыы, хараастыы, кыыһырыы барыта баар буолуоҕа. Мантан сылтаан чугас дьоҥҥун, дьиэ кэргэҥҥин кытта соччото суох сыһыан олохтуур наадата суох. ♌️Хахай Бүгүн доҕотторгутун уонна коллегаларгытын кытта сөптөөх үчүгэй кэпсэтии тахсыа суох. Эйэлээхтик быһаарар, кэпсэтэр хаачыстыбаҕын өйгүттэн-санааҕыттан хаһан да быраҕыма. ♍️Кыыс Кыыс бэлиэлээхтэр докумуоҥҥа сыыһа-халты туттунууну оҥоруоххутун сөп. Оттон тус олоххутугар олох-дьаһах өттүгэр кыра өйдөспөт быһыы-майгы тахсыаҕа. ♎️Ыйааһын Бүгүн харчыгытын матайдаабат туһуттан, баар үпкүтүн күүстээх хонтуруолга ылыҥ. Бу барыта соһуччу буолуон сөп. Күҥҥүтүн мөккүһүүгэ буолбакка, чуумпу эйгэҕэ атаараргыт ордук буолуоҕа. ♏️Скорпион Скорпион бэлиэлээхтэр былааннаабыккыт ыһыллыбатын туһуттан, доруобуйаҕытын көрүнэ сылдьыҥ. Тумуу, төбө ыарыыта бэтэрээнэн буолбатах. Эһиги тылгытыгар эрэнээччилэри хомотума. ♐️Охчут Үлэҕитинэн үрдүгү дабайыаххытын баҕарар буоллаххытына, буолар семинардары, үөрэхтэри көтүтүмэҥ. Дьону кытта барыларыгар биир тэҥник, сиэрдээхтик сыһыаннас. ♑️Чубуку Чубуку бэлиэлээхтэр эһигини тулалыыр дьону болҕойон көрүҥ. Уопсай үлэ туһугар биир санаалаахтаргын кытта көрүүгүт сөп түбэспэккэ хабырыйсан ылыаххытын сөп. ♒️Күрүлгэн Күрүлгэн бэлиэлээхтэри бүгүн кытаанах ырытыы күүтэр. Ол эрээри, туохха да аралдьыйбакка ылсыбыккытын суолгут аҥарыгар хаалларымаҥ. Кириитикэттэн бэйэҕэр сөптөөҕү ыл. ♓️Балык Балык бэлиэлээхтэр дьиэҕитигэр олорбот күҥҥүт. Бүгүн бэйэҕин дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөр уонна буола турары көр-иһит.