Үтүө күнүнэн 🙌
Күннээҕи гороскоп 💫🌎 *Олунньу 4 күнэ* Хой ♈️ Күннээҕи кыһалҕаҕын кимиэхэ да сыҥалаама, сэлээннээмэ, бэйэн быһаара сатаа Оҕус ♉️ Эйигин ким да солбуйар кыаҕа суох Игирэлэр ♊️ Эйигин сыаналаабат дьон элбэхтэн матыахтара Рак ♋️ Дьиэлээхтэргэр инники былааҥҥын кэпсээ, сүбэтэ ыл Хахай ♌️ Ыра санааҥ туоларыгар кыһалын Кыыс ♍️ Атын дьон эйиэхэ элбэх ону-маны сыҥалыы сатыахтара, ис дууһан тугу баҕарарын иһит Ыйааһын ♎️ Дьон эйигин элэккэй, эйэҕэс быһыылаах диэн сыаналыыр, түһэн биэримэ Скорпион ♏️ Бэйэҕин харыстаа, тапталгын харыстаа, истиҥ сыһыаны сыаналаа Охчут ♐️ Дьоллоох түгэн тосхойуо, үөрүү мичик гыныа Чубуку ♑️ Ким да кимиэхэ иэһэ суох, дьонтон элбэҕи эрэйимэ, бэйэҕин иэстээх курдук сананыма Күрүлгэн ♒️ Тапталлаах бэйэҕэр бириэмэтэ анаа, сөбүлүүр кинигэҕин аах, киинэҕин көр Балыктар ♓️ Кэлбит кэм эйиэхэ кэрэни, сырдыгы эрэ бэлэхтиэ, ис сүрэххиттэн эрэн уонна кэтэс
