Үтүө күнүнэн 🙌
*Күннээ5и гороскоп.* 💫 ✨ *Олунньу 2 күнэ.* Хой ♈️ Ыксаллаах быһыы-майгыга эн түргэн-тарҕан туттунууҥ элбэҕи быһаарыа Оҕус ♉️ Бүтэһигэр диэри киирис, оччоҕуна эрэ үчүгэй түмүктээх буолуо Игирэлэр ♊️ Тус олоххор, үлэҕэр уларыйыы бөҕөтө тахсаары турар Рак ♋️ Өр кэмҥэ саныы сылдьыбыт баҕа санаан туолар кэмэ кэллэ Хахай ♌️ Чугас киһигиттэн соһуччу интириэһинэй этии киириэҕэ, бэлэм буол Кыыс ♍️ Харчыга сыһыаннаах боппуруостар судургутук быһаарыллыахтара, эбии дохуот киирэрэ күүтүллэр Ыйааһын ♎️ Атын дьоҥҥо табыллар буоллаҕына эйиэхэ эмиэ табыллыахтаах Скорпион ♏️ Хаста да холонон көрүүттэн чаҕыйыма, тиһэҕэр бэйэҕэр сыһыаннааҕы булуоҥ, хайаан даҕаны Охчут ♐️ Санааҕар эн сайыҥҥа сылдьар курдуккун, ол эрэн бириэмэни ыксатыма, билиҥҥи буола турартан дуоһуйуну ыл Чубуку ♑️ Бу күн түбүк бөҕөтүн көрсүөн, ол эрэн иннигэр элбэх кэрэ-бэлиэ түгэннэр күүтэллэр Күрүлгэн ♒️ Олоххор уларыйыы бөҕөтө буолаары турар, сүрүннээн дьиэлээхтэргин кытары сыһыаҥҥа Балыктар ♓️ Бүгүн элбэх быһаарыныы ылыныаҥ, үчүгэйдик толкуйдуу түһэр мэһэйдиэ суоҕа.
