KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө күнүнэн 🙌

*Күннээҕи сахалыы гороскоп.* *-Тохсунньу 30 күнэ-* ♉Хой Күүһүҥ-уоҕуҥ толору, ону туһанаргар кыах да толору баар буолуоҕа. Болҕомтоҕун биир сүрүн сорукка уурдаххына, үлэҕэр биллэ ситиһиилэниэҥ. Киэһэ күүтүллүбэтэх эрээри үчүгэй көрсүһүү күүтэр. ♉Оҕус Бу күн үп-харчы өттүгэр боппуруос туруон сөп. Онуоха ыксаабакка, үчүгэйдик толкуйдаан быһаарын. Тус олоххор барыта үчүгэй, өйдөһүү да баар буолуоҕа. ♊Игирэлэр Кэпсэтиини сатаан ыытар дьоҕуруҥ үрдүөҕэ. Ону дьыалабыай сибээһи олохтуурга, үлэҥ боппуруоһун быһаарарга туһан. Киэһэтин чугас киһигин кытта өйдөспөт буолуу тахсыан сөп. ♋Рак Бу күн дьиэ түбүгүн уҕарытарга уонна бэйэҕин көрүнэргэ табыгастаах. Үлэҕэр уустук балаһыанньа үөскээн ылыаҕа. Онуоха ис санааҕын иһиттэххинэ, ону этэҥҥэ туоруоҥ. Доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур. ♌Хахай Болҕомто киинигэр буолуоҥ. Айар үлэҕэ идеяларгын уонна салайар, көҕүлүүр дьоҕургун үрдүктүк сыаналыахтара. Оттон таптал сыһыаныгар үчүгэй сюрприз күүтэр. ♍Кыыс Бу күн былааннанарга уонна сааһыланарга табыгастаах. Дьыалаҕын да, санааҕын да сааһыланарыҥ тоҕоостоох. Тус олоххор кыра өйдөммөт түгэн үөскүөҕэ. Онно ол саһыламмытын туһалыаҕа. ♎Ыйааһын Былааҥҥар дьайар наадалаах информацияны истиэҥ. Үп-харчы боппуруоһугар сэрэхтээх буол. Киэһээҥҥи кэми доҕотторгун кытта атаарар ордук. ♏Скорпион Бу күн үлэҕэр үрдүк кирилиэһи дабайаргар олугу ууруоҕа. Онуоха эн быһаарыныылаах буоларыҥ ирдэнэр. Тус олоххор долгутуулаах түгэн үүнүөҕэ. ♐Охчут Күүс-уох уонна өрө көтөҕүллүүлээх санаа эйиэхэ толору буолуоҕа. Ол үөрэнэргэр, билиигин хаҥатаргар ордук туһалыаҕа. Чугас киһигин кытта бэйэ-бэйэни өйдөһүү сатыылыаҕа. ♑Чубуку Бу күн үп-харчы боппуруоһун быһаарарга уонна ырааҕы былаанныырга табыгастаах. Үлэҕэр кыра уустук дьыала үөскүөҕэ, ону эн холкутук быһаарыаҥ. Доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур. https://chat.whatsapp.com/F4FpGVYNeVmEBtDjJBJe58 *Сахалыы нууччалыы гороскоптар,ырыалар, статустар,мотивациялар* ♒Күрүлгэн Эн эриэккэс идеяларыҥ үлэҕэр ситиһиини аҕалыахтара. Тус олоххор көһүтүллүбэтэх эрээри үөрүүнү аҕалар уларыйыы тахсыан сөп. Саҥа уопуту ыларга аһаҕас буол. ♓Балыктар Айар үлэҕэ уонна духуобунай сайдыыга бэртээхэй күн. Үлэҕэр ыктарыылаах түгэн үөскээн ылыаҕа, ону интуицияҥ көмөтүнэн түргэнник быһаарыаххын сөп. Отон киэһэтин романтическай кэпсэтии сынньалаҥы биэриэҕэ. ✅https://chat.whatsapp.com/Ezw6cKJ7aKb1Qvxn1U48lK *Дьиэ кэргэҥҥэ туҺалаах сүбэлэр-амалар*