Үтүө күнүнэн 🙌
Күннээҕи гороскоп 💫🌎 *Тохсунньу 25 күнэ* Хой ♈️ Сөптөөх быһаарыныы ылынар кэм кэллэ, хаһааҥҥа диэри куотуна, соһо сылдьыахха сөбүй? Эппиэтинэс ылынар быһыы-майгы сөптөөх суол Оҕус ♉ Чугас дьонун этэ сатыыр тылларын болҕойон иһит, кинилэр куһаҕаны баҕарбаттар Игирэлэр ♊ "Атас туһугар атах тостор" - диэн саха өс хоһооно мээнэ буолбатах, доҕорун көмөтүттэн аккаастаныма Рак ♋ Куһаҕан санааҕа ылларыма, үчүгэйи эрэ ыралан. Сэниэҕин мээнэ таах халтай бараама, туһалаахха анаа Хахай ♌ Олох очурдарын барытын туораатаргын эйигин кэрэ кэмнэр күүтэллэр Кыыс ♍ Эбии харчы кэлэрэ күүтүллэр, барытын сөпкө оҥороҕун Ыйааһын ♎ Таптыыр киһиэхэ тапталлааҕа мааны... киһи итэҕэһэ бэйэтин туһугар эмиэ үчүгэйдээх Скорпион ♏ Суланан баран сылдьыма, элбэҕи куоттарыаҥ. Хараҥа да кэмнэргэ киһи сырдыгы булан көрө үөрэниэхтээх Охчут ♐️ Эйигин кытары дьол аргыстаһа сылдьар, ол эрэн аһары өрө барар табыллыбат, кыратык туттунар ордук Чубуку ♑ Эйиэхэ көхсүлэрин көрдөрбүт дьон кэмсиниэхтэрэ, ситиһиигэр ымсыырыахтара Күрүлгэн ♒ Өй үлэтэ бүгүн эйигин күүтэр, эйигиттэн элбэх сыраны-сылбаны эрэйэр Балыктар ♓️ Бэйэҥ олоххор эн бэйэҥ эрэ хаһаайыҥҥын, ким да ону утарар кыаҕа суох
