KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий

*Дьөһөгөй* (1930, 1942, 1954, 1966, 1978, 1990, 2002, 2014) 2025 сыл Дьөһөгөй бэлиэлээхтэргэ олус интэриэһинэй буолара сабаҕаланар, кинилэр эниэргийэлэрин бэйэлэрэ сөптөөх хайысхаҕа туһаайыахтара. Актыыбынай буоллахтарына, идэлэригэр, айар түһүлгэлэригэр өрө тахсыы, ситиһии күүтэр. Үлэлэригэр ноҕоруускалара эбиллиэ, бу карьера кирилиэһинэн өрө дабайар кыаҕы биэриэ. Бу сыл саҥа бырайыактарга, үлэҕитин уларытарга, өскөтүн идэҕитин сөбүлээбэт буоллаххытына, табыгастаах. Тус олохторугар дьөһөгөйдөр тус баҕа санааларын уонна чугас дьоннорун этиилэрин истиэхтэрин наада. Сэһэргэһии уонна чиэһинэй буолуу сыһыаны бөҕөргөтөргө уонна кыра мэһэйдэри туоруурга төһүү буолуохтара. *Коза* (1931, 1943, 1955, 1967, 1979, 1991, 2003, 2015) Коза бэлиэлээхтэргэ 2025 сыл айар үлэнэн дьарыктанар уонна бэйэни өрө таһаарар кэминэн буолар. Моҕой Козаны кэрэ эйгэҕэ тахсарын өйүүр, артыыс талаанын көрдөрөрүн сэргиир. Бу – туох баар санаабыккытын, баҕарбыккытын, идиэйэҕитин дьоҥҥо таһаарарга, саҕалыырга уонна бэйэҕитин саҥа таһымҥа көрдөрөртөн куттаммат буоларга таһаарыылаах сыл. Козалар үлэлэригэр уларыйыылартан чаҕыйбаттарын туһугар, булугас-талыгас өйдөрө, сатабыллааах саҕалаахтара туһалыа. Үпкүт-харчыгыт биир кэм, өскөтүн козалар кыахтарын сөпкө туһаннахтарына, былаана суох бараабатахтарына. Тус олоххутугар сыһыаҥҥыт бигэ туруктаах, аһаҕас уонна истиҥ буоллаххытына. Бу сыл урукку сибээстэргитин бөҕөргөтөргө, саҥа билсиһиилэргэ табыгастаах. *Эбисийээнэ* (1932, 1944, 1956, 1968, 1980, 1992, 2004, 2016) Эбисийээнэлэргэ 2025 сыл тус уонна өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар олус ситиһиилээх буолара күүтүллэр. Бу бэлиэлээхтэр суолталаах боппуруостары быһаарарга олус болҕомтолоох буолаллара ирдэнэр, ыксалы уонна чэпчэки толкуйдары киэр элитэргит ордук. 2025 сыл – үөрэнэргэ, чинчийиилэри ылсан саҕалыырга бастыҥ сыл. Эбисийээнэлэр үлэлэригэр өссө улахан эппиэтинэһи уонна лиидэр миэстэтин ылыахтарын сөп. Тус олоххутугар бытархай иирсээнтэн, өйдөспөт буолууттан дьалты сылдьыҥ, чугас дьоҥҥутугар тулуурдаахтык сыһыаннаһыҥ, өйдөөҥ, өйөөҥ. Истиҥ сыһыан холку олоҕу, дуоһуйууну аҕалыа. Оттон үп-харчы боппуруоһугар тэҥнээххитин булуоххут суоҕа, саҥа бырайыактарга, саҕалааһыннарга актыыбынайдык кыттан истэххитинэ, дохуоккут да эбиллэ туруо.   *Бөтүүк* (1933, 1945, 1957, 1969, 1981, 1993, 2005, 2017) 2025 сыл Бөтүүк бэлиэлээхтэргэ ыҥырыы уонна кыаҕы көрдөрүү сыла буолуо. Күүстээх, кытаанах санаалаах бөтүүктэр араас моһолу көрсүөхтэрэ, ол эрэн маннык кэмҥэ кинилэр өрө тахсыылара, сайдыылара саҕаланыа. Моҕой сыла карьераҕа саҥа саҕалааһыннары киллэрэргэ эрэннэрэр, маныаха уларыйыыларга бэлэм буолуоххутун наада. Үлэҕэ уонна биисинэскэ болҕомтолоох буолуҥ, онно-манна киирэн биэрбэт гына. Барытыгар инники сылдьа сатыыргыт сыалгытын ситиһэргэ уонна атыттартан чорбойон тахсарга төһүү буолуо. Маны таһынан 2025 сыл бэйэни сайыннарыыга уонна үөрэнэргэ бастыҥ кыахтары утары уунар. Тус олоххутугар үгүс бириэмэҕитин дьиэ кэргэҥҥитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар аныыргыт туһалаах. Үп-харчы өттүнэн сылгыт үчүгэй ааҕыныыны, сөптөөх былааннары ирдиир. *Ыт* (1934, 1946, 1958, 1970, 1982, 1994, 2006, 2018) Ыттарга 2025 сыл сибээстэри бөҕөргөтөргө биир кэм туругу уонна кыахтары биэриэ. Ыттар эрэллээх уонна кырдьыксыт буолууну сыаналыыллар, бу тулалыыр дьонтон билиниини уонна өйөбүлү ыларга туһалыа. Моҕой сыла урукку идиэйэлэрин олоххо киллэрэргэ төһүү буолуо, чуолаан дьону-сэргэни кытта сыһыаннаах эйгэҕэ. Идэҕитигэр, үлэҕитигэр үрдүгү дабайарга кыах үөскүө, манна эһиги саамай бастыҥ хаачыстыбаларгытын көрдөрүөххүтүн наада – чиэһинэй, үлэһит уонна эппиэтинэстээх буолууну. Ыт бэлиэлээхтэр 2025 сылы саҥа бырайыактары ылсарга туһаныахтарын наада, бу барыгытыгар, тулалыыр, чугас дьоҥҥутугар үтүөнү эрэ аҕалыа. Тус олоххут барыта кэминэн, кылаабынайа сыһыаҥҥа аһаҕас буоларгыт ирдэнэр. Үп-харчы туруга бигэ, дьиэ-уот атыылаһарга эбэтэр ыал буоларга бөдөҥ ороскуоту көрсүөххүтүн сөп.   *Сибиинньэ* (1935, 1947, 1959, 1971, 1983, 1995, 2007, 2019) 2025 сыл Сибиинньэ бэлиэлээхтэргэ олохтон  астынарга, үбү-харчыны элбэтэргэ, дохуоту үксэтэргэ элбэх кыаҕы биэриэ. Сибиинньэлэр олоҕу олус таптыылларынан, кэрэҕэ дьулуһалларынан биллэллэр, кинилэр үөрүүгэ-көтүүгэ, дуоһуйууга бу сылтан элбэҕи туһаныахтара, булуохтара. Идэлэригэр, үлэлэригэр өрө дабайыы баар буолуо, өскөтүн наабыктарын, сатабылларын барытын уурдахтарына. Тус олохторугар истиҥ, иһирэх сибээскэ санаалара сыттаҕына, барыта этэҥҥэ буолуо. Үп, дохуот өттүнэн кэлэр сыл харчыны мунньарга, инвестицияҕа угарга табыгастаах, ол да буоллар туора-маары туттартан сэрэтэллэр.