Кэлэр дьыл 2025 сыл Иэйиэхсит Хотун сыла✨
Кэлэр дьыл 2025 сыл Иэйиэхсит Хотун сыла. Иэйиэхсит - Аар Айылҕа быйаҥа буолар🙋🏻♀️ Онон Саха мааны Хотунун ойуутун туруоруҥ. Айыыһыт оҕону урууну тапталы түстүүр. Саха аһын тардыҥ остуолгутугар Сахалыы тургутуктары, ооньуулары ооньооҥ Оччоҕо Айыыһыккыт саамай сүрүн олоҕу биэрэр🫶 Айыыбыт сылы быһа араҥаччылыа үчүгэйи эрэ аҕалыа. Сарсыарда аайы Үрүҥ Күҥҥэ махтаныҥ. Айыыһыппыт арчылаатын. Иэйэхсиппит эҥэрдэстин🤗 Үчүгэй санаалаах олорон ботугураан этэн көрдөһө сылдьыҥ. Ил Эйэ сатыылаатын. Хас биирдии ыал аайы дьиэҕитигэр Оҕо саҥата эймэннин Дьол мичээрэ эймэннин🕊️ Уу Сахалыы сэрэнэн сэрбэнэн көрсүөҕүҥ. Халлааны сатардан, кыылы сүөһүнү куттаан сөлүүттээбэккэ, бэйэ бэйэҕэ сырдыгы үйэлээҕи баҕарыахха🙌🙌🙌

