KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө күнүнэн 🙌

💫Ахсынньы 12 күнэ ♈️Хой Бүгүн эрчим бөҕө буолаҥҥын, барыны-бары оҥоруоҥ, тиһэҕэр тиэрдэн түмүктүөҥ. Уларыйыыларга сөп түбэһэ охсуу ирдэнэр. ♉️Оҕус Үпкүн-харчыгын ааҕынар, сөптөөхтүк туттарга былааннанар кэм. Бэртээхэй бэлэх тутуоххун, тус бэйэҕэр сыһыаннаах үчүгэй сонуну истиэххин сөп. ♊️Игирэлэр Бүгүҥҥү күҥҥэр "көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук" диэн өс хоһооно саамай барсар. Эппитиҥ-тыыммытыҥ туолуоҕа. Киэһэ үчүгэй сынньалаҥы былааннаа. ♋️Рак Үлэҕэр болҕомтолоох буол, эмоцияларгын кыана тутун. Өрүкүйбэккэ сылдьа сатаа, сыыһа-халты туттунар куттал баар. ♌️Хахай Бэрт иэйиилээх күн күүтэр. Үлэҕэр интэриэһиргэтэр этии киириэн сөп. ♍️Кыыс Дьиэтээҕи түбүгүҥ үмүрүйэн биэрбэккэ, атыны оҥоруохтаах былааҥҥын ыһыан сөп. Кыраны даҕаны хараҕыҥ далыттан, илииҥ иһиттэн мүччү туппат буола сатаа. ♎️Ыйааһын Кыра даҕаны, улахан даҕаны мөккүөргэ кыттыспат ордук. Уустук быһаарсыыга кыттыһан бэйэҥ туруккун ыһан кэбиһиэҥ. ♏️Скорпион Түргэн-тарҕан туттунуу, тута быһаарыныы ситиһиигэ тиэрдиэҕэ. Ол эрээри, олус ыгылыйыма, кытаанах буол. ♐️Охчут Бүтэрэ-оһоро илик дьыалаларгын сааһылаа. Бүгүн элбэх боппуруос судургутук быһаарыллыаҕа. ♑️Чубуку Тус сыалгын ситиһэр инниттэн олус элбэх кыра соругу толорорго сорунума. ♒️Күрүлгэн Төбөҕөр иитиэхтии сылдьыбыт толкуйуҥ үтүө түмүктэри аҕалыа, барыһырыаҥ. Тус олоххор барыта дьэрэкээн хартыына курдук. ♓️Балыктар Саҥа көрүү, саҥа санаа бүгүн элбэх буолуоҕа. Онтон сүмэтин сүһэн ылан олоххо киллэргэ дьулус. 🎄🎄🎄❄️❄️❄️😊😊😊