KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө күнүнэн!

Сири саппыт Силиргэх силистээх Толоону туораабыт Чуор мутуктаах, Хабырыттыбат халың хатарыктаах, Хайыттыбат хатан саастаах, Туруу дойдуну Туораҕынан толорбут, Саха сирин Салаатынан саппыт, Ийэ сир иччитэ эҕэрдэлээн, Аан-дайды иччитэ айхаллаан ааһар Аҕыс салаалаах Аал-луук масс буолан Аан-дайдыбыт арҕаһыгар Анньыллан аатыран турдун, Үүнэн көҕөрөн күөгэйдин, Сарбайан лаглайан сааһырдын, Барҕаран бараҕадыйан бастаатын диэн Урааҥхайдыы уруй, Сахалыы айхал буоллун. (Алампа) Үүммүт үтүө сарсыарданан!