Үтүө сарсыарданнан!
Акроэҕэрдэ сарсыардааҥҥы. *ХАТЫЛАММАТ* *ХАНЫЫ КҮН* ❄️❄️❄️❄️❄️❄️❄️ *Х* атыламмат күннэри *А* йылҕабыт барахсан *Т* охтоло суох аныыр. *Ы* мыылыы күннэр *Л* ыахтыы дайаннар *А* аһаллар этэҥҥэтик *М* ичээри бэлэхтээн *М* ахталы биллэрэн. *А* йыыһыппыт алгыһа *Т* улабытын өрүүтүн *Х* аххалаан кири-хоҕу *А* һарар ол-бу араас *Н* аадата суох дьаҥы *Ы* раастыыр,үүрэр *Ы* раах сир түгэҕэр *К* иһи тиийбэт сиригэр *Ү* түөнү дьоҥҥо эрэ *Н* аардаан хаалларар. ОҺУОБАЙ ОПТУОРУННЬУГУНАН🙋🏻♀️ Варвара Заболоцкая. Бүлүү куората. Саҥа Дьыл буолуо 35 күн хаалла. ❄️☃️❄️🎄❄️🌲❄️⛄❄️

