KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Кэпсээн о5ото. Ахтыы диэн буолара ду.

Сибиинньэ Хастааҕым эбитэ буолла, өйдөөбөппүн. Биирдэ ийэбин күн аҥара батыһа сылдьан көҥүллэтэн эдьиийим Ааныскалаахха оонньуу бардым. Балтым Һуураккалыын араа-бараа саастаах буолан бэркэ тапсабыт. Иһирдьэнэн-таһырдьанан киирэ-тахса оонньуу сырыттыбыт. Онтон балтым "сибиинньэни көрүөх" диэн тэлгэһэ уһугар турар уйаҕа сирдээн илтэ. Тиийбиппит биир күтүр улахан сибиинньэ күлтэйэн баран сытар эбит. Дьон кэллэ да диэн турбата. Уһуктаҕас эрээри хаһыҥырыы-хаһыҥырыы бадараан быыһыгар сытта. Сыта-сымара диэн оттон сибиинньэ сибиинньэттэн туох атыннаах буолуой? Кыыһым күлэ-күлэ кэпсиириттэн өйдөөтөхпүнэ сибиинньэбит аата тоҕо эрэ Маайка диэн үһү. Сотору төрүөхтээх диэн буолла. Онон улаханнык айдаарар көҥүллэммэт эбит. Аны төрөөтөҕүнэ оҕолорун кытта иккис уйаҕа көһүөхтээх үһү. Көрдөхпүнэ бастакы уйа бырыы да бадараан буоллаҕына, иккис уйа кураанах, кэҥэс соҕус эбит. Биһиги ол уйаҕа үөһэнэн тахсан ыстанан кэбистибит. Сүүрэргэ-көтөргө туох да ааттаах сир манна баар эбит. Онтон хайабыт өйүгэр көтөн түспүтэ буолла, сибиинньэбит оҕолонон көһөрүгэр дьиэтин киэргэтиэххэ диэн буолла. Өр толкуйдаабатыбыт хантан эрэ мас дьааһык булан аҕалан туруордубут. Остуол диэн буоллун дэстибит. Дьиэттэн Өлөксөөн эбээ күөх былаатын таһааран сабыылаатыбыт (арааһа олус мааны былаат быһыылааҕа, өҥө күн уотугар араастаан уларыйар этэ). Дьэ ол кэннэ сиппиир булан уйабытын сиппийэн кээстибит. Һууракка хасааһыттан дьокулуон хаата көһүннэ. Онтубутун саамай көстүүлээх сиргэ остуолбут хабайар хаба ортотугар ууран дьэргэтэн кээстибит. Уйабытыттан ойон тахсан хортуоска сибэккитин хомуйдубут, күөх от үргээтибит. Сибэккибит сороҕун дьокулуоммут иһитигэр уктубут, сороҕун уйабыт тула онон-манан кыбыта анньан киэргэттибит. Оппутун сиэҕэ диэн остуол үрдүгэр кэккэлэтэ уурдубут. Арай мин көрдөхпүнэ уйабыт иһэ дьиэ дьиэнэн буолбут. Үчүгэй да үчүгэй. Сибиинньэбит бэйэтэ да, оҕолоро да сүрдээҕин үөрүүһүлэр. Үөрэллэрин ааһан махтаныах да курдуктар. Ол курдук роддомтан тахсар ийэни достойно көрсөргө бэлэм буоллубут. Бэйэбит да үтүө дьыаланы оҥорбут дьон буолан астынныбыт аҕай. Сылайа да быһыытыйдыбыт. Киэһэлик дьиэлээх киһи дьиэлээтэҕим дии. Хас да хонук эдьиийим аахха барбатым. Ол да буоллар син сөп сөп оҥорбут дьиэбитин саныыбын. Санаабар сибиинньэбит оҕолорун кытта былаат сабыылаах дьааһык остуол тула олорон аһыыр эҥин буолуохтаахтар. Үргээбит оппутун оҕолоругар өлүүлээн бэрсэрин харахпар оҥорон көрөбүн. Онтон дьэ биир үтүө күн балтым аахха тиийдим. Санаам сибиинньэм уйатыгар. Хайдах эрэ оҕотук санаабар сибиинньэттэн махтал эрэйэр дуу, үөрбүтүн биллэриэ дуу дии саныыр эбиппин. Онтум баара сибиинньэ уйатыгар олох чугаһаппаттар эбит. Өссө сибигинэһэн кэпсэтэллэр. Оҕолорун тэпсиэ дииллэр. Уонча оҕоломмутуттан иккини бэлиэр тэпсибит үһү. Эмискэ үлүгэр мин өйбүттэн били остуол тула аһыы олорор сибиинньэм биирдэ суураллан хаалла. Хайдах буолбут ийэ оҕолорун тэпсэн кээһиэхтээҕин кып-кыра төбөм иһигэр батара сатыы турдум. Онтон өй ылан балтыбыттан сэмээр остуолбутун ыйыттым. Онуоха кыыһым күлэ-күлэ: "Пахай доо, киирдэ киирээт муннунан тоҕу анньыбыта" диэтэ. Мин сол да туох эрэ үтүө сонуну истээри турбут киһи тиһэх эрэлим эмискэ эстэн хаалан олус диэн хомойдум, сирэйим итийдэ. Хомойорун ааһан кэлэйэн киэр хайыстым. Махтал эрэ туох эрэ... Бэйэм да билбэппинэн испэр туох эрэ туллан түспүтүн курдук буолла. Тугун билбэппин. Ол турукпуттан сатаан тахсыбакка сүгүн да оонньооботоҕум, сотору буолаат дьиэлээбитим. Онтон ыла кими эмэ сибиинньэнэн үөхтэхтэринэ, бадараан быыһыгар сытар кып-кыһыл буола үллүбүт элбэх эмиийдээх Маайканы уонна хортуоска сибэккитэ киэргэллээх уйаны саныы түһэбин. ТУУЙАКА