KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө күнүнэн 🙌

*❄️☃️Сэтинньи 6 күнэ☃️❄️* ♈️Хой Бүгүн эйигиттэн түргэн хамсаныылары, быһаарыныылары эрэйэр түгэн эмискэ күөрэйиэ. Онуоха баһылыыр-көһүлүүр, дьону батыһыннарар, сирдиир хаачыстыбаларыҥ көмө буолуохтара. ♉️Оҕус Күннээҕи биир күдьүс үлэҕин толорорго күүһүҥ-күдэҕин эбиллэн кыайыаҥ-хотуоҥ.  Ону кытта үлэҕэр сыһыаннаах үчүгэй сонуну истиэҥ. ♊️Игирэ Кэллиэгэлэргин кытта кыра өйдөспөт түгэн тахсыан сөп эрээри, тута быһаарсыаххыт. Сыыппараларга болҕомтолоох буолуҥ. ♋️Рак Этиһиигэ кыттыспат инниттэн эмоцияларгын кыана тутун. Тус олоххор үчүгэй уларыйыы киириэн сөп. Чугас дьоҥҥор эн көмөҥ, өйөбөлүҥ наада буолуоҕа. ♌️Хахай Үлэҕэр кыһамньылаах сыһыаныҥ үтүө түмүктэрэ көстүөхтэрэ. Салалтаҕыттан хайҕаныаҥ. Харчыгын туттаргар сүрэххинэн буолбакка, төбөҕүнэн толкуйдаа. ♍️Кыыс Саҕахха саҥа кыахтар көстөллөр. Оҥоруоҥ иннинэ бары өттүттэн ырыҥалаан, толкуйдаан дьаһан. Бэйэҥ ис туруккун ыспат буола сатаа. ♎️Ыйааһын Элбэҕи эрэннэрэр, эльэх дьыаланы үмүрүтэр күн үүммүт. Ол эрээри сэрэхтээх буол. Кэлэктиипкэр уларыйыы тахсыан сөп. Үөрэххэ, кууруска сурутарга табыгастаах күн. ♏️Скорпион Бүгүн интуицияҥ сытыырхайбыт, онон олоххор улахан суолталаах быһаарыныыны ылынарга көмөлөөх буолуоҕа. Эмоцияларгын хонтуруоллаа. https://chat.whatsapp.com/DBEfCo6KMEg4LnOZd42aAF ♐️Охчут Күүстээх иэйии, инниҥ диэки дьулуһар санаа киириэҕэ. Ону табатык туһана сатаа. Саҥа дьыаланы саҕалыаххын сөп. https://chat.whatsapp.com/DBEfCo6KMEg4LnOZd42aAF ♑️Чубуку Үп-харчы боппуруоһун быһаарарга табыгастаах күн. Эн этэргин элбэх киһи ылыныаҕа. ♒️Күрүлгэн https://chat.whatsapp.com/DBEfCo6KMEg4LnOZd42aAF Уһун кэмнээх сыалга болҕомтоҕун туһаай. Кэллиэгэлэриҥ эн көмөҕүн сыаналыахтара. Урут бастаан тугу оҥоруохтааххын быһаарын уонна санааҕын букатын түһэримэ.  ♓️Балыктар Бүгүн олус уйаҥҥын, онон туора дьон кыһалҕатын чугастык ылыныаҥ. Айар-тутар дьарыктаах киһи буоллаххына, ити туруккун онно туһаай. https://chat.whatsapp.com/DBEfCo6KMEg4LnOZd42aAF