KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө күнүнэн 🙌

*💫❄️ Алтынньы 27 күнэ❄️* ♈️Хой Күн устата туругуҥ хаста да уларыйыа. Оннук түгэҥҥэ уоскуйан, бэйэни иһиллэниллиэхтээх. Хайаан даҕаны бэлиэ кэлиэ. Ону болҕой. ♉️Оҕус Бу күн аҥааргын кытта сылдьарыҥ ордук. Соҕотох хаалыма. Киинэҕэ сылдьыҥ эбэтэр киэһэтин иккиэн остуол тула олорон кэпсэтиҥ. ♊️Игирэ Эйигиттэн сүбэ-ама эбэтэр туох эмит өҥөнү оҥорорго көрдөһүөхтэрэ. Ону быһа гыммакка, дьоҥҥо көмөлөс. Ону тэҥэ бэйэҕэр эмиэ бириэмэтэ бул. ♋️Рак Хаһан эрэ кимиэхэ эрэ оҥорбут үтүөҥ үтүөнэн эргиллэр күнэ. Суолталаах дьыалаҕа этитии эбэтэр көмө кэлиэн сөп. Тулаҕын болҕой. ♌️Хахай Дьоҥҥо көмөлөһөрүҥ быыһыгар бэйэҥ интэриэскин эмиэ умнума. Хахай бэлиэлээх кэрэ аҥаардар саҥа уобараһы толкуйданыахтарын наада. ♍️Кыыс Тэрилтэҕэр күлүккэ хаалыма. Ол инники үлэҕэр охсуулаах буолуон сөп. Онон бары дьоҕургун, кыаххын ууран, кыһаллан үлэлээ. ♎️Ыйааһын Чугас дьоҥҥор кыһамньыгын тылынан буолбакка, дьыаланан дакаастаа. Ону кинилэр хайаан да сыаналыахтара. Дьонноох сиргэ сырыт, саҥа дьону кытта билис. ♏️Скорпион Барытыттан саптан, саһан хаалыаххын баҕараҕын. Сэрэниэххин наада, эйигин кэтииллэр. Хас эмит сыл үлэлээн оҥорбут ааккын харыстаа, оннугар түс. ♐️Охчут Күн бастакы аҥаара холкутук ааһыа. Иккис аҥаарыгар киирии-тахсыы бөҕө буолуо. Онтон аһара күүрүмэ,  сэниэҕин харыстаа. ♑️Чубуку Атын сиргэ командировкаҕа, айаҥҥа барарга этии киириэ. Сөбүлэс эрээри, бэйэҕэр табыгастааҕын туруорсан, өссө кытылга туран быһаарыс. ♒️Күрүлгэн Балачча өр хааччахха сылдьан, хал буолбуккун. Онтон хайдах тахсаргын толкуйдаа. Оҕурук өй, сааһылаан саҥарар сатабыл эйиэхэ баар. ♓️Балыктар Эбиэт диэки кыра кыһалҕа үөскүөн сөп. Аһара күүрбэккэ, холкутук быһаара сатаа. Онтон атына – күн киэнэ мааныта!