Барыта буолуохтааҕын курдук баран иһэр, ол аата мин олоҕум суолун сөпкө талбыппын диэн да?
Элбэх санаа киирэр... Элбэх ырытыы барар... Элбэх сэниэ баранар... Элбэх күүс киирэр- Тулалыыр эйгэбиттэн, Айылҕа ураты сүдү күүһэ- Туругурдан көрөр ол аата, Миигин эрэ буолбакка Хас биирдии киһини... Ол аата мин күүстээхпин, Мин уратыбын, Мин тулуурдаахпын... Эн эмиэ тулуй, үөрэн, дьулус...