KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө күнүнэн 🙌

*🍁🍂Балаҕан ыйын 24 күнэ.🍂🍁* ♈️Хой Дьону абылыыр, бэйэҕэр тардар энергияҥ хаһааҥҥытааҕар да күүһүрбүт – маннык кэми мүччү тутума. Сүрүн суолталаах, уустук уонна "халбархай" тиэмэлэри бүгүн быһаарарга саамай тоҕоостоох күн, барытын бэйэҥ туһаҕар эргитиэххин сөп.  ♉️Оҕус Хамсаабат баайы-дуолу атыылаһарга эбэтэр атын сиргэ көһөөрү санана сылдьар буоллаххына, бүгүн барыйааннары көрөн таларга табыллыаҥ. Көрдүүргүн чопчу булуоххун сөп. Бэйэ билиитин таһымын үрдэтинэргэ тургутууну ааһар, экзамен, зачет туттарар дьоҥҥо ситиһиилээх күн.  ♊️Игирэ Киниттэн көһүппэтэх киһиҥ эйиэхэ соччото суохтук сыһыаннаһыаҕа. Онуоха хардатын биэрэргэ бэлэм буол уонна хардаран баран ким кинини кигиэн сөбүн толкуйдаа, быһаар. ♋️Рак Букатын тугум да сатаммат, табыллыбат, аан дойду барыта мин утары диэн санаа-оноо киирдэҕинэ, кырдьыгын булан көрө сатаа: тулалыыр эйгэҥ, дьонуҥ онно туох да буруйдара суох. Чугас дьоҥҥун эбэтэр кэллиэгэлэргин сирэй-харах анньыаҥ иннинэ үчүгэйдик толкуйдаа, уоскуй. ♌️Хахай Ким эрэ бэйэтин сыалын ситиһэр туһуттан эйигин албынныы сатыаҕа. Оннукка түбэспэт инниттэн тугу истибиккэр барытыгар итэҕэйэн иһимэ. Киирэр информацияны ырыҥалаа, дьиҥин бэрэбиэркэлээ. ♍️Кыыс Бүгүн болҕомтоҥ сытыырхайбыт – кыраны даҕаны бэлиэтии көрүөҥ. Ону үлэҕэр, үөрэххэр туһанан, уустук сорудахтары толорон дьон хайҕалын ылыаххын сөп. ♎️Ыйааһын Бэрт эрчимнээххин, үчүгэй настырыанньалааххын, дьон эйиэхэ сыһыана бэртээхэй. Араас тиэмэлээх кэпсэтиигэ кыттыһан дуоһуйуоҥ, элбэҕи билиэҥ-көрүөҥ, иҥэриниэҥ. https://chat.whatsapp.com/GvLA2OoMSR2AHv9uyJIbGe ♏️Скорпион Бүгүн бэйэҕин харыстан: эт-хаан уонна ньиэрбэ ноҕуруускатын таһаарыма, эйигин сылатар кэпсэтииттэн, дьайыыттан дьалты тутта сырыт. ♐️Охчут Улахан уларыйыылар кэлиэхтэрэ – көһүппэтэх түгэннэриҥ буолуохтара. Онон кылгас кэмҥэ барыта чуумпуруор, оннугар түһүөр диэри аһара көхтөөх буолартан туттун. Энергияҕын саҥа билиини ыларга туһаай. https://chat.whatsapp.com/GvLA2OoMSR2AHv9uyJIbGe ♑️Чубуку Эн аттыгар аһыннаран бэйэтин кыһалҕаларын быһаартара сатыыр киһи көстүөҕэ. Оннук киһи баарын биллэххинэ, кинини "моонньугар олордума". Сүбэлээн көмөлөһүөххүн сөбүн, кини оннугар тугу да оҥорон биэрэр санааҥ суоҕун кытаанахтык биллэр. ♒️Күрүлгэн Тулалыыр дьонуҥ эйиэхэ сыһыаннарын сыыһа диир буоллаххына, ааны хайа быраҕа, сыһыаҥҥытын тохтото охсорго ыксаама. Бэйэҕин кинилэр миэстэлэригэр туруоран көр – элбэҕи өйдүөҥ. ♓️Балыктар Ким эрэ эн өйгүн-санааҕын буккуйарыгар, куруук "кулгааххар сипсийэ" сылдьарыгар киирэн биэримэ, сэрэхтээх буол. Бэйэҥ толкуйгунан оҥор, быһыылаан. *Сахалыы гороскоп* https://chat.whatsapp.com/GvLA2OoMSR2AHv9uyJIbGe