KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Мои друзья с детства! 👫👬🧑‍🤝‍🧑👭🤗🥰

Оҕо сааһым доҕотторо Оҕо сааспын куруутун Ахтан санаан ылабын, Күн - дьыл да аастар Сүппэт өрүү аттыбыттан. Оҕо сааһым суоллара Санатар хаһан эмэтэ элэҥнээн, Оччоҕо хаартыска ыламмын Көрөбүн астына өр да өр. Мэнигийээн кыргыттарым, Оторой - моторой уолаттарым Ханна эрэ хааһахха Саһан хаалбыт курдуктар. Илдьит кэриэтэ этэммин Көрсүбүт киһи, биирдэ эмэтэ, Сэлэһэ кэпсэтиэх олорон, Ол кэми төттөрү аҕалыах. Күнү оонньоон көрсөрбүт, Түүнүн күүлэй тэбэрбит, Чааһы быһа киэргэнэн Таансыга ойорбут. Оҕо саас барахсан Сэмэйдик да кэлэҕин, Кыһалҕаны таарыйбакка Ачаалыыгын биһиккэр. Бу олорон санаатахха Үчүгэй да кэмнэр эбит, Көҥүл сүүрэн - көччүйэн Күнү барыыр буоллахпыт. Билигин үксүбүт Ыал буолбут эбиппит, Эһээ, эбээ дэппиппит, Сиэн да элбээбит. Суолларын булуммут Үлэһит үтүөлэрэ, Сарсыҥҥыны быһаарар Салайааччы бастыҥнара... Ону үөрэ истэбин Олуһун хайгыыбын, Орто сааспыт кэрдииһэ Тиийэн кэлбит биһиэхэ. Аны олох олоруу Кэрэһэлиир дьулуһууну, Саҥа үйэ кирбиитин Салгыы олоруох тустаахпыт Мэҥэ Балыктах Саргылана Стручкова - Ымыычаана 2019 с