KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Утуе кунунэн 🙌

Күннээ5и гороскоп 💫🌎 *Атырдьах ыйын 27 күнэ* Хой ♈️ Эйигин бырахпыт дьону, эйигин улахаҥҥа уурбатах дьону, эйигин сыаналаабатах дьону барыларын хаалларар ордук Оҕус ♉️ Санааҕар дьиктини, алыптаах аб/ылаҥы кэтэһэҕин Игирэлэр ♊️ Куһаҕан кыйданарын, ыарыы ыалласпатын гына күннээҕи түбүккүн былааннаа Рак ♋️ Эн сирэйгэр биири, кэннигиттэн атыны саҥарар дьон сотору кэминэн ол дьыала иннигэр эппиэттиэхтэрэ Хахай ♌️ Эн эккинэн-хааҥҥынан сүрэххинэн билэргин сыаналаабат, эн кыһалларгын ахсарбат буоллахтарына салҕыы суол арахсара ордук Кыыс ♍️ Аһары элбэх тыастан-уустан, кэлииттэн-барыыттан сылайбыккын, чуумпу олоҕу баҕараҕын Ыйааһын ♎️ Сүрэҕин биир эрэ киһиэхэ ананар, атыны көрөр кыаҕа суох Скорпион ♏️ Эбии харчы киирэрэ күүтүллэр. Доруобуйа чааһыгар болҕомто уурар ирдэнэр Охчут ♐️ Эн олоххор икки суол баар, онтон биирдэстэрэ инникигэ бэлэмнэнии, биирдэстэрэ дууһаҕар кураанах иэйии, бэйэни сүтэрии Чубуку ♑️ Күн ахсын биир хартыынаттан сылайаҕын, саҥа уларытыыны киллэриэххин баҕараҕын Күрүлгэн ♒️ Кинини умнар түгэҥҥэр, кини эмискэ биллэн кэлиэ Балыктар ♓️ Мэктиэ тыл биэрбит буоллаххына ханна да барар кыах суох, толороргор эрэ тиийэҕин