KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Барыта кэрэ!

Үгүс өрүһүйэр аналлаах Үтүөкэннээх бэйэлээх Үрүҥ Аар Тойон! Амарах санаалаах Айыы дьонноох Аар Айыыларым! Орто туруу бараан дойду Олохтоох дьоно мустаммыт, Уруйдаан эрэбит! Аан дойду Аламаҕай дьоно кэлэммит, Айхаллаан эрэбит! Симэһин хааннаах Сиик тыыннаах, Сир дьоно үҥэн- сүгүрүйэн эрэбит! Буор сир силистэрэ Бэлиэ тылы анаан эрэбит! Ураанхай дойдутугар, Сир ийэ дойдутугар. Алгыс күүһүн түһэрэргэ, Арчылыыр күүһү көрдөһөргө, Амарах тылы аныырбытыгар Анаан-минээн көмөлөс! Үктэнэр сирбит Илгистэн илистэн Ибигирээбэтин, Уордайан уһаарбатын, Хамсаан хаарыйбатын! Илинтэн иирсээн киирбэтин! Арҕааттан абааһы арбайдаабатын! Хотуттан хараҥа халбарыйдын! Соҕурууттан суһал сыстыбатын! Устар уһун үйэлэргэ Уруйдуу сылдьарбытыгар, Олохтоох тылынан анаатаҕыҥ буоллун! Ааһар кэтит үйэлэргэ, Айхаллаах тылынан Араҥаччылаатаҕыҥ буоллун! Үрүҥ үтүө дойдубар, Үрүҥ көмүс ураһаҕын туруордаҕыҥ буоллун! Бүппэт элбэх үйэлэргэ Биэс харахтааҕынан Бүөлээтэҕиҥ буоллун! Хаххалыыр үрүҥ халлаантан Харысхалы уурдаҕыҥ буоллун! Айыы күүһүн аҕалаҥҥыт, Үрүҥ күүһү ыытаҥҥыт, Үтүө кэм үдээтин! Үрдүк анал тардыстын! Кэрэ эйгэ эҥэрдэстин! Домм! Домм! Домм! ✨Куйаар Куо✨ Күүстээхтик тарҕатын. Сахалыы саҥарар бар дьон бары ааҕын, үөрэтин, этин-тыынын. Бугун атырдьах ыйын 21 күннүгэр. 12ч00-13ч00 Махтанабыт.