Үтүө күн буолуохтун!
Күннээҕи гороскоп 💫🌎 *Атырдьах ыйын 4 күнэ* Хой ♈️ Күн устата эйигин ууга-уокка түһэрэн уган биэрэ сатыахтара, ол аайы кыһаллыма, кинилэр курдук буолума Оҕус ♉️ Санаан өрө көтөҕүллэн, дьол уотугар куустарыаҥ Игирэлэр ♊️ Эн толору дьоллоноргор, биир эрэ киһи наада Рак ♋️ Таптаалаххын кытары бэйэ-бэйэҕитин ситэрсэн биэрэргитин умнумаҥ, тапталгытын харыстаан Хахай ♌️ Көҥүл - күндү, ол эрэн хахйдарга истиҥ сыһыан, күүстээх таптал наада Кыыс ♍️ Кыыс бэлиэлээх киһи, кимиэхэ эмэ наадалааҕын, кинини таптыылларын билиэн баҕарар Ыйааһын ♎️ Эн бүгүн, туруоруммут сыалгын ситиһэргэр табыгастаах кэм Скорпион ♏️ Сүрэҕин тугу этэринэн сирдэтин, дьон тылыгар-өһүгэр аахайыма. Үпкэ-харчыга болҕомтолоох буол Охчут ♐️ Эйигин ким эрэ олус күүскэ таптыыр, тулалыыр дьоҥҥун өйдөөн көр Чубуку ♑️ Бу ыйга күүстээх таптал ыга кууһуо, хараҥа кэннэ сырдык кэлиэ, күн эн олоххор хайаан да сандаара тыгыа Күрүлгэн ♒️ Тоҕо эрэ бэйэҕин соҕотох курдук сананаҕын, дьиэ кэргэҥҥиттэн тирэҕирэн, олоҕу саҥалыы көрөргө үөрэн Балыктар ♓️ Кэлбит кэм эйиэхэ кэрэни, сырдыгы эрэ бэлэхтиэ, ис сүрэххиттэн эрэн уонна кэтэс