💫🌎💫
Саха буолан, Аламаҕай, Санаалаахпар, Сандаарарбар. Өбүгэ дьоммор Төрүттэрбэр, Муҥура суох, Махтанабын. Бу тулалыыр, Эйгэбэр, Сүгүрүйэр, Айылҕабар. Эһэкээммэр, Көмүлүөкпэр, Дойдум мүөттээх, Салгыныгар. Тугу барытын, Сүрэхпинэн, Ыга кууһан, Таптыырбар. Ийэм аҕам, Тапталыгар, Сууланаммын, Улааппыппар. Махтанабын, Айыыларбар, Саха буолан, Төрөөбүппэр! Айсура 18/03/2024