KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө күн буолуохтун!

*Күннээ5и Гороскоп.* 💫 ✨ *От ыйын 31 күнэ.* Хой ♈️ Элбэх иҥэмтэлээх, битэмииннээх аһы аһаа, доруобуйаҕын көрүн, сибиэһэй салгыҥҥа дьаарбайар ордук буолуо диэн сүбэлииллэр сулустар Оҕус ♉️ Күүппэтэх соһуччу көрсүһүү буолуон сөп. Саҥа дьыалабыай этии киириэн сөп Игирэлэр ♊️ Барыта олус интириэһинэйдик табыллыа, бэйэҥ да дьиктиргиэҥ. Спордунан дьарыктанарга тоҕоостоох кэм Рак ♋️ Бүгүн эйигин романтика, алыптаах киэһэтэ күүтэр. Үлэҕэр кэккэ быстах күчүмэҕэй түгэн үөскүөн сөп Хахай ♌️ Өйгүн-төйгүн булан саҥар, мээнэ тыллаһыма, дьон суолун быһа түһэр туох да үчүгэйгэ тириэрдиэ суоҕа Кыыс ♍️ Эн көрдөһүүгүн истиэхтэрэ. Харчы киирэрэ күүтүллэр Ыйааһын ♎️ Биир киһи көмөтүнэн барыта сатанан, табыллан иһиэ, былааннаабыккын толору ситиһиэҥ Скорпион ♏️ Үчүгэй сонуну истиэҥ, бэйэҕин өссө төгүл таптыаҥ, сөҕүөн-махтайыан Охчут ♐️ Куһаҕан санааны тутуһан баран сылдьыма, ол кэриэтэ сырдыгы сыдьаай, үтүөнү түстээ Чубуку ♑️ Соһуччу бэлэх тутуоҥ, баҕа санааҕар өссө биир хардыы чугаһыан Күрүлгэн ♒️ Дьикти түгэн тосхойуо: дьоллуун доҕордоһуоҥ, табыллыыны кытары аргыстаһыаҥ Балыктар ♓️ Бу күн эйиэхэ элбэх умнуллубат түгэни бэлэхтиэ.