KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Кэрэ кэпсээннээх, үтүө сонуннаах күнүнэн! 🙋‍♀️👋

*Аҕа-ууһа тоҕус хаан устата ааҕыллар. Уруу-аймах 9 хаан устата тарҕанар.* *Аҕа,* (старший) - эйигин төрөппүт эр киһи. *Ийэ,* (ия) - эйигин төрөппүт дьахтар. *Эһэ* - ийэҥ-аҕаҥ аҕалара. *Эбэ* - ийэҥ-аҕаҥ ийэлэрэ. *Хос эһэ* - эһэҥ-эбэҥ аҕалара. *Хос эбэ* - эһэҥ-эбэҥ ийэлэрэ. *Түгэх эһэ* - хос эһэҥ, хос эбэҥ аҕалара. *Түгэх эбэ* - хос эһэҥ, хос эбэҥ аҕалара. Биэс тарбах ахсаана түгэх эһэннэн бүтэр. Атын илииҥ тарбаҕар көһөҕүн. Алтыс хаан эһэҕиттэн саҕалаан бары эйиэхэ Өбүгэ дьон диэн буолаллар. Өбүгэ эһэ, атыттар өбүгэ-дьон диэн. *Абаҕа* - аҕаҕыттан аҕа саастаах уруу киһи эр киһи барыта. *Убай* - аҕаҕыттан балыс, эйигиттэн аҕа саастаах уруу эр киһи барыта. *Таай* - ийэҕинэн аймах эр киһи барыта. *Быраат* - эйигиттэн балыс уруу эр киһи барыта. *Ини* - эйигиттэн балыс бииргэ төрөөбүт уол оҕо. *Бии* - эйигиттэн аҕа, бииргэ төрөөбүт уол оҕо. *Эдьиий* - эйигиттэн аҕа саастаах уруу-аймах дьахтар барыта. *Балты* - эйигиттэн балыс саастаах уруу-аймах дьахтар барыта. *Аҕас* - бииргэ төрөөбүт кыргыттартан аҕалара. *Балыс* - бииргэ төрөөбүт кыргыттартан сааһынан кырата. *Сурдьу* - бииргэ төрөөбүт кыыс быраатын ааттыыр. *Сиэн* - оҕоҥ оҕото. *Хос-сиэн* - сиэниҥ оҕото. *Сиэн-ини* - бииргэ төрөөбүт убайыҥ-быраатыҥ, эдьиийиҥ балтыҥ оҕолоро. *Сиэн-балты* - бииргэ төрөөбүттэриҥ кыыс оҕолоро. *Сиэнчэр* - сиэннэргинэн урууларыҥ. Хаан булкуһан ырааппыт дьон. *Соноҕос,* (сын, son, сыного) - төрөппүт уол оҕоҥ. Удьуоруҥ уолунан сонуур. Аҕатын туйаҕын хатарар, сонун кэтэр. Соноо-оҕо-ос. Үс тыл. Оҕоннон соноо, уонна оһорун диэн таҥара ыйааҕа. *Уол - кыыс* - төрөппүт оҕолоруҥ, биитэр уопсайынан оҕо аата. *Сыдьаан уруу* - түгэх эһэҕиттэн анараа өттүнээҕи урууҥ барыта. *Сыҕаан уруу* - сүктэн кэлбит кийиит-күтүөт уруулара. *Күтүөт* - кыыс эрэ. *Кийиит* - уол ойоҕо. Уолтан аҕа саастаах дьоҥҥо. *Саҥас* - уол ойоҕо, уолтан балыс саастаахтарга. *Түҥүр* - уоллаах-кыыс холбоһон ыал буолбут оҕолор аҕалара. *Ходоҕой* - холбоспут уоллаах-кыыс ийэлэрэ. *Биллэх* - биир ыал кыргыттарын ылбыт күтүөттэр. *Бэргэн* - улахан уол ойоҕо. *Бадьа* - кыра уол ойоҕо. *Кыҥаттар* - холбоспут уоллаах-кыыс уруулара кыҥаттыы буолаллар. *Күрэ-быраат* - кийиит-күтүөт бырааттара. *Күрэ-балыс* - кийиит-күтүөт балтылара. *Эдьиий-кылын* - кийиит эдьиийдэрэ күтүөккэ. *Убай-кылын* - күтүөккэ ойоҕун убайа. *Аҕас-кылын* - кийииккэ эрин эдьиийдэрэ. *Убай-кылын* - кийииккэ эрин убайдара. *Хотун* - кийииккэ эрин ийэтэ. *Тойон* - кийииккэ эрин аҕата. *Сыбаат уруу* - күтүөтүнэн сыбанан уруурҕаһыы. *Сыҕаан уруу* - кийиитинэн сыҕайан чугасаһар уруу. *Сыдьаан уруу* - биэс хаан кэнниттэн тоҕус хааҥҥа диэри уруу. *Уруу* - хаанынан чугас уруу аҕаҥ өттүнэн. Эһэлэриҥ бииргэ төрөөбүттэригэр диэри. Алта хаан иһинэн. Сэттис хаан уруурҕа-һыыта бүтэр. Эр-ойох ылсыы биир аҕа ууһун иһигэр барыан сөп. *Аймах* - элбэх дьахтар хааны суурайан хаан быралыйан эрэр кэмин аата. Ийэҥ өттүнэн аймахтарыҥ.