KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө сарсыарданан!

Күннээ5и гороскоп 💫🌎 *От ыйын 12 күнэ* Хой ♈️ Эйигин өйдөөбөххө уордамсыйар дьонтон тэйиччи тутун Оҕус ♉️ Харчы дьыалата табыллан иһиэ, дьону кытары сыһыаҥҥын тупсарарга кыһалын Игирэлэр ♊️ Хас хардыы барыта инникигэр элбэх быһаарыыны оҥорорун олох умнума Рак ♋️ Аймах билэ дьоҥҥун кытары истиҥ кэпсэтии баар буолуо Хахай ♌️ Дьон сонунуҥ сөҕө-махтайа истиэҥ, чугас дьонуҥ ситиһиититтэн дьоллонуоҥ Кыыс ♍️ Үлэҕэ үөскүүр кыра моһоллору күчүмэҕэйдик аһарыммат гына тулуурдаах буолар ордук Ыйааһын ♎️ Баары баарынан, кистээбэккэ, халыйбакка кэпсиир ордук буолуо Скорпион ♏️ Хас күн ахсын саҥа ситиһии кэлэн иһэриттэн дуоһуйууну ылыаҥ Охчут ♐️ Олох тэтимин ситиспэт баар буолуон сөп. Чуумпуруу, сынньаныы, толкуй кэннэ саҥа тыын ылан, сэниэ эбинэн ситиһиигэ тиийиэҥ Чубуку ♑️ Аймахтары, доҕоттору көрсөр түгэннэр тосхойуохтара Күрүлгэн ♒️ Билии, үөрэҕирии эйгэтигэр үлэлиир дьон үлэлэрэ сыаналаныа, ордук бэлиэтэниэ Балыктар ♓️ Суолга-иискэ сэрэхтээх буолар ордук, ол быраабыла дьону кытары алтыһыыга эмиэ ирдэнэр