KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

🤗

БИҺИГИ ОЛОРБУППУТ ЭБЭЭТ Биһиги олорбуппут эбээт Ыал аайы массыына суоҕа Үлэҕэ, үөрэххэ хойутаабатахпыт Сар-сатыы сүүрэ, хаама Биһиги олорбуппут эбээт Сиэпкэ түлүпүөнэ суох сылдьыбыппыт Солуну тута билэрбит Суругунан да кэпсэттэрбит Биһиги олорбуппут эбээт Алдьаммыт ыстааны кэппэтэхпит Хаатыҥканы астынарбыт Түүлээх соҥҥо сууламматахпыт Биһиги олорбуппут эбээт Омук саата суох бултаабыппыт Өлүүбүтүн байанайтан ыларбыт Ыалларбытыгар үөрэ бэрсэрбит Биһиги олорбуппут эбээт Өрт уотун ыытаммыт Баһаар буолбутун өйдөөбөппүт Оту-маһы силигирии үүннэрэрбит Биһиги олорбуппут эбээт Бөһүөлэк олоҕун чэчирэтэн Куоракка ончу куоппатахпыт Олорбуппут олохтоох аспытын аһаан Өлөксөөн 2. 06. 2024.