🙌
*ОТ ЫЙЫНАН!* Сырылатан Сырбатан Сылаас сыраллаах, Будулутан Буһаран Буһурук суостаах, Өргөстөнөн Өргөйөн Өҥүрүк күннээх, Быстыбат Быйаҥнаах, Итээбэт Илгэлээх, Уостубат Уйгулаах, Сир аһа Сэтиилээх, Үүт-сүөгэй Үтэлээх Тиийэн кэллэ, Тэлгэһэбэр Оргууйдук сайбайан От ыйа барахсан... .........Ону кытта Олук үктээн От үлэтэ Олоруста, Ыксабар Ыалласта, Ыган кэлэн Ыгылытта... *ОТ ҮЛЭЛЭЭХ* *ОТ ЫЙЫНАН!*