🙌🙌🙌
Күннээҕи гороскоп 💫🌎 *Бэс ыйын 16 күнэ* Хой ♈️ Таптал сылаас тыына эйигин эмискэччи кууһуо Оҕус ♉️ Туох да биллибэт кэмигэр сүрэҕин сэрэйэринэн оҥоро сатаа Игирэлэр ♊️ Ким эрэ эйиэхэ олус дьикти сонун кэпсиириттэн соһуйуоҥ Рак ♋️ Төһө да уһун кэм ааспытын иһин сүрэххиттэн ол кэми ыыппаккын Хахай ♌️ Саҥа үлэ буларга эбэтэр үлэ миэстэтин уларытыаххын баҕарар буоллаххына билигин табыгастаах кэм Кыыс ♍️ Ким эрэ эн тускуттан сылтаан олус элбэх түбүгү көрсөр Ыйааһын ♎️ Тугу эрэ сүтэрбит киһи курдук айманыаххын, сүпсүлгэҥҥэ сылдьыаххын баҕараҕын Скорпион ♏️ Чугас доҕоргун кытары көрсөн ирэ-хоро кэпсэтиэҥ Охчут ♐️ Олус алыптаах түгэҥҥэ куустарыаҥ, дьолго тиксиэҥ Чубуку ♑️ Бу күнтэн ыла эн олоҕун тосту уларыйыа, барыта үчүгэй буолуо Күрүлгэн ♒️ Дьон ортотугар сылдьан атын сирэйи кэтимэ, бэйэҕинэн көнө буол Балыктар ♓️ Эн олоҕун халбархай кэмнэригэр тирэхтээхтик үктэнэргэ үөрэн