KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө сарсыарданан!

Күннээ5и гороскоп ✨ Хой ♈️ Таптал баар! Таптаа уонна таптат! Олох очурдарын иккиэ буолан быһаарар ордук Оҕус ♉️ Сотору кэминэн олоҕун тосту уларыйыа, бэлэм буол. Аймах чугас дьоҥҥун кытары көрсүһэр тоҕоостоох Игирэлэр ♊️ Сүрэх мээнэ талбат, кини бэйэтигэр чугаһы, ордугу талар. Ылсыбыт дьыалаҕар эрэллээх буол Рак ♋️ Мээнэ элбэх саҥалаах дьоннооҕор саҥата-иҥэтэ суох дьыаланы быһаарар дьону кытары тутус Хахай ♌️ Таптал иэйиитэ көтөҕүллэ сылдьар кэмэ, чугас киһигэр тапталга билиҥ Кыыс ♍️ Хас биирдии хардыыгын оҥоруон иннинэ анааран көр, ол кэннэ биирдэ оҥор Ыйааһын ♎️ Эйигин бүгүн олус интириэһинэй дьикти киэһэ күүтэр. Үлэ чааһыгар кэккэ быстах кыһалҕалар үөскүөхтэрин сөп Скорпион ♏️ Бириэмэ барытын миэстэтигэр туруоруо, наадалаах дьон аттыгар куруутун баар буолуохтара, холку буолар ордук Охчут ♐️ Олоххор суолталаах билсиһии буолуон сөп, көрөөр даҕаны Чубуку ♑️ Ким эрэ эйиэхэ олус үчүгэй бэлэх уунуон баҕарар, биир баҕа санааҥ туолара бу кэлбит диэн сулустар билгэлииллэр Күрүлгэн ♒️ Мөккүһүүгэ киһи кырдьыгы булар, ол эрэн өрө барар наадата суох, кыратык туттунар мэһэйдиэ суоҕа Балыктар ♓️ Эн чугас киһин эйигин кэтии-маныы сылдьар, тугу эрэ этиэн баҕарар да тыла сатаан тахсыбат, болҕомтолоох буолар ирдэнэр.