KollabiuM
Подписаться

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться
Ещё

Войдите или зарегистрируйтесь

Общайтесь с друзьями и создавайте с ИИ.

Войти Зарегистрироваться

Үтүө сарсыарданан!

Күннээ5и Гороскоп 💫 🌎 *Ыам ыйын 31 күнэ.* Хой ♈️ Сэмээр инникигин ыраҥалаан, тымтыктанан көр диэн сулустар сүбэлииллэр Оҕус ♉️ Кыратык тулуйа түс, кэтэһэр киһи элбэх манньаҕа тиксэр Игирэлэр ♊️ Эппиэтинэстээх буолар бүгүн күн олус күүскэ ирдэнэр Рак ♋️ Дьон дьээбэлиирин сүрэххэр наһаа чугастык ылыныма Хахай ♌️ Күүппүт, көһүппүт түгэнин дьэ тосхойор кэмэ кэлбит Кыыс ♍ Бүгүн эйиэхэ киирбит идеяны олоххор киллэрэргэ туруулас Ыйааһын ♎️ Харчы кэлэрэ күүтүллэр, ытыскын тоһуйан баран олоруоххун эрэ наада Скорпион ♏ Туох эмит саҥаны оҥорорго эр санааҕын барытын түмэн баран түһүнэн кэбиһиэххин наада Охчут ♐️ Эти-хааны чэбдигирдэр ордук туһалаах буолуо, айылҕаҕа, паркаҕа, скверга тахсан аралдьыйа түс Чубуку ♑️ Дьон көрдөһүүтүн алы гыныма, үтүө үтүөнэн эргиллиэ Күрүлгэн ♒ Тылгын мээнэ таах эрэннэримэ, толорор саҕана ыарахан буолуон сөп Балыктар ♓️ Кини эппит тыла эйиэхэ эмп кэриэтэ буолар, кини оҥорбута эйиэхэ туохтааҕар да күндү