Үтүө сарсыарданан!
Күннээҕи гороскоп 💫 🌎 *Ыам ыйын 20 күнэ.* Хой ♈️ Интириэһинэй этии киириэ, хайаан да сөбүлэс, барыта үчүгэй эрэ буолуо Оҕус ♉️ Бэйэн сыыһаҕын билинэргэ үөрэн. Дьиэлээхтэргэр болҕомто уурар ирдэнэр Игирэлэр ♊️ Ким наадалаах биллиэҕэ, кэпсэтиэн баҕалаах эрийиэҕэ, көрсүөн баҕалаах кэлиэҕэ Рак ♋️ Тус олоххун оҥостор да буолларгын, доҕотторгун умнума Хахай ♌️ Тулалыыр дьоҥҥор махтаныах тустааххын. Харчыга сыһыаннаах боппуруоһу быһаарарга түбүк бөҕөтүн көрсүөххүн сөп Кыыс ♍️ Эйигин истиҥ сыһыан, сылаас иэйии күүтэр. Ыраах айаҥҥа турунарга табыгастаах күн диэн сулустар билгэлииллэр Ыйааһын ♎️ Бүгүн санааҥ уларыйымтыа: бырастыы да гыналлыбаты бырастыы гыныаххын сөп, кыраттан да сылтаан өһүргэнэн туруоххун сөп Скорпион ♏️ Эн амарах санааҕынан туһанар дьон үгүс Охчут ♐️ Эн мичээрин үчүгэйгэ эрэ буолбахха, дьону тэйитэргэ эмиэ буолуон сөп Чубуку ♑️ Тулуйан, тулуйан баран эмискэ тоҕо барыаххын сөп Күрүлгэн ♒️ Биир киһини ыга күүскэ кууһан ылыаххын баҕараҕын Балыктар ♓️ Эйиэхэ тапталга билиниэхтэрэ. Үлэ чааһыгар кыра моһол баар буолуон сөп
